Күндү биир дойдулаахтарым, ытыктабыллаах Дьокуускай куорат олохтоохторо!
Эhигини барыгытын Дьокуускай куорат Дууматын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн Улуу Туймаада хочотугар ыhыллыбыт, самаан сайыны айхаллыыр, уйгу-быйаҥ Үрүҥ тунах ыһыах күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээн!
Ыһыах – урааҥхай саха норуотун үгэс буолбут бырааһынньыга. Ыһыах самаан сайын кэлиитин, дьылы этэҥҥэ туораан күөххэ үктэниини, дьон сэргэ биир күүс сомоҕо буоларын бэлиэтиир кэминэн буолар.