Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар
1. Саха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?
Маны элбэхтик дьоҥҥо быһаара сатаатым. Үрдүкү Таҥарабыт, үгүс улахан дьоммут билинэллэринэн, олоҥхобут да этэринэн, былыргы дьиҥнээх кэпсэллэртэн да кэлбитинэн – Үрдүк Дьүүллээх Үрүҥ Аар Тойон буолар. Бу итэҕэл, ол аата сахалыы итэҕэли билинэр хас биирдии киһиэхэ уларытыллыбат канон буолуохтаах. ХVII үйэҕэ христианствоны киллэрэллэригэр миссионердар сахаларга Айыы Тойон диэн өйдөбүлү киллэрбиттэрэ.