2022 сыл тохсунньу 25 күнүгэр Госдумаҕа «Публичнай былаас ситимигэр олохтоох бэйэни салайыныы уопсай бириинсиптэрин туһунан» федеральнай сокуон барыла бастакы ааҕыыны ааспыта. Бу кэнниттэн сокуон барыла Арассыыйа эрэгийиэннэригэр икки сыл кэриҥэ үгүс дьүүллэһиини, ырытыылары ааста. Бу кэм устата субъектар сокуон барылыгар бэйэлэрин этиилэрин, уларытыыларын киллэрдилэр. Бу туһунан биһиги СӨ Ил Түмэнин судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьевы кытта көрсөн кэпсэттибит.